«Mr. Fat Meow Meow» оонньооҥ: Roblox-ка саха тайҕатыгар 30 мүнүүтэ тулугуҥ
Күөх костюмнаах сыалаах кыһыл-араҥас куоска, интригаан кутуйах уонна саха тайҕатыгар тыыннаах хааларга 30 мүнүүтэ: Roblox-ка «Monsters in Siberia» ааптара саҥа оонньууну «Mr. Fat Meow Meow» таһаарда. Оонньууну оҥорооччу Sardaana News-ка эппитинэн, кини Fable 5.2 ИИ-нан оҥоһуллубут.